Эhигинэн киэн туттабыт!



Билсин Сардаана Поскачина!      


2019 сыл саҕаланыытыгар тохсунньу ый 12 күнүгэр «Эйгэ» сынньалаң киинигэр эдэр кэскиллэх ыччаттар «УОА ТИВАННЬАА» диэн концерт ыытан барбыттара. Концертка кыттыыны ылбыттара: Тамада Кештиано, Поскачина Сардаана, Уйусхан Алексеев, Токуйаана Николаева. БиҺиги биир дойдулаахпыт Поскачина Сардаанаттан кылгас интервью ыллым:
- Хас сыллаахха оскуоланы бүтэрбиккиний?
- Мин оскуоланы 2015 сыллаахха бүтэрбитим.
- Ханнык үөрэххэ үөрэнэ сылдьаҕын?
- Мин билигин Хотугулуу Илиңңи норуоттар тылларын уонна культураларын үөрэтэр институтка культура салаатыгар «Мировая художественная культура» диэңңэ үөрэнэ сылдьабын.
- Ол үөрэххинэн туох идэни баҺылыыгын?
- Профессиятынан хайысхалара олус элбэх, бизнес да арыныаххын сөп. Ол эбэтэр кулуупка худругунан  үлэлиэххин сөп, биитэр музейдарга, культурнай центрдарга үлэлиэххин сөп.
- Ырыа эн олоххор туох суолталааҕый?
- Ырыа мин олохпор улахан суолталаах. БиҺиги дьиэ кэргэн ырыаны ытыктыыбыт, таптыыбыт, убаастыыбыт, туохха да тэңнэспэт  музабыт буолар.
- Иллэң кэмңэр тугунан дьарыктанаҕын?
- Иллэң кэммэр араас ырыа ыллыыбын, гитараҕа оонньуубун, хоҺоон суруйуутунан дьарыктанабын, кинигэ ааҕарбын туохтааҕар да ордоробун уонна иллэң кэмим суох даҕаны.
- Ханнык биллиилээх дьонунан киэн туттаҕын, кумир оңостор киҺилээххин дуо?
- Хас биирдии киҺи индивидуальнай дии саныыбын,  ол  эрээри кумир оңостор дьонум элбэхтэр, сахалартан буолар быҺа холоон эттэххэ: Лэгэнтэй, Байбал Сэмэнэп, кинилэр репертуардарын олус сөбүлүүбүн. Аркадий Алексеев ырыаларын ордук сэргиибин.
- Аркадий Алексеев, Ангелина Файрушина ааттарынан, Туой Хайа курдук куонкурустарга кыттар баҕалааххын да?
- Быйыл кыттар баҕа санаалаахпын, кыттыам диэн эрэнэбин.
- Инникигэр туох сыаллааххын?
-Мин инникибэр быйыл үөрэхпэр баклавры бүтэрэбин. Бүтэрэн баран магистратуралыы барыахпын баҕарабын, киин куоракка барар санаалаахпын. Хабаровскайга.
- ЫрыаҺыт буоларга ханнык хаачыстыбалар наадаларый?
- Тулуурдаах, эппиэтинэстээх буолуохха наада.
- Бу кэлбит Сана дьылга ааҕааччыларга тугу баҕарыаң этэй?
- Мин баҕарабын дьолу – соргуну, үтүөнү - кэрэни уонна саамай сүрүннээн доруобуйаны. Доруобуйа баар буоллаҕына туох барыта баар буолар, кэрэ барыта баар буолар.
-Махталы кытта эйиэхэ Сардаана, инникки олоххор үрдүк ситиҺиини, дьолу!

хаңастан бастакы Поскачина Сардаана              

Комментариев нет:

Отправить комментарий