Сэтинньи- ахсынньы ыйдарга буолбут улуустааҕы предметнэй олимпиадаларга оҕолорбут ситиҺиилэрэ үгүс:
Саха тылын олимпиадатыгар: Поскачина Олеся 2 м., Прокопьева Регина 2 м., Петров Алексей 3 м.
Саха литературатыгар: Прокопьева Регина 6 м., Прокопьев Василий 5 м.
Нуучча тылын олимпиадатыгар: Шамаева Нарыйаана 4м., Шамаева Сайыына 6 м.
Биология олимпиадатыгар: Шамаева Нарыйаана 1 м., Прокопьева Ангелина 1м.
Химия олимпиадатыгар: Шамаев Николай 6 м.
Нуучча литературатыгар: Шамаева Сайыына 5м.
***
"Инникигэ хардыы" улуустааҕы түҺүмэҕэр кыттыбыт оҕолор бары ситиҺиилэннилэр. Ол курдук Андреев Айылхан, Каратаев Святослав секцияларыгар юниордарга бастаатылар. Онтон Шамаева Нарыйаана региональнойга Ньурба куоратыгар кытта барар буолла.
***
Республиканскай хапсаҕай күрэҕэр Осипов Айсен 2м.
Хапсаҕай күрэҕэр Осипов Айвар 1 м., Осипов Айсен 1 м., Иванов Дьулустан 1 м., Прокопьев Александр 1 м.
Спортивнай күрэхтэргэ миэстэлэспит уолаттарга өссө үрдүк ситиҺиилэри баҕарабын.
***
Республиканскай предпринимательство олимпиада 3-с тууругар ахсыс кылаас уолаттара Герасимов Петр уонна Алексеев Спартак Якутскайга кыттан кэллилэр.
Комментариев нет:
Отправить комментарий